22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха театра Венгрияҕа айанныыр

18:26, 06 апреля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай театра муус устар 23 күнүгэр Венгрияҕа көрдөрөр “Тиит” испэктээкилигэр билиэт улахан аҥаара атыыланан бүппүт.


Будапешт куоракка муус устар 11-24 күннэригэр быйыл үһүс төгүлүн ыытыллар MITEM театральнай фестивальга ыҥырыыны кэлэктиип ааспыт сайын Казань куоракка буолан ааспыт “Науруз” фестиваль кэмигэр Сергей Потапов Шекспир “Тит Андроник” трагедиятынан туруорбут “Тиит” испэктээкилин кэнниттэн туппута. Саха театра бу фестивальга Кытай, Франция, Грузия, Греция, Венгрия, Италия, Польша, Румыния, Сербия, Соҕуруу Корея, Испания, Швейцария бастыҥ театрдарын кыттан биир сценаҕа оонньуур үрдүк чиэскэ тигистэ. MITEM бырагырааматынан, “Тиит” испэктээкили фестиваль ыалдьыттара муус устар 23 күнүгэр киэһэ 20.00 чаастан үс балаһааккаттан биир улаханыгар көрүөхтэрэ.

Бэлиэтээн эттэххэ, Россияны бу улахан түһүлгэҕэ үс театр билиһиннэрэр – Москватааҕы художественнай академическай театр (МХАТ), Санкт-Петербурдааҕы Александринскай театр уонна Саха республикатыттан Саха академическай драматическай театра.

Муус устар 10 күнүгэр Саха театрыгар киэһэ 17.00 чаастан улахан түһүлгэҕэ айанныыр “Тиит” испэктээкили көрөн, артыыстары ыраах айаҥҥа алгыыр түгэни мүлчү тутумаҥ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА