Норуот историятыгар улахан оруоллаах улуу дьон олоҕун, айар үлэтин, оҥорбут дьыалатын туһунан кэпсиир испэктээги ким сэҥээрэ көрүө суоҕай.
Саха театрыгар олунньу 19-20-21 күннэригэр Баһылай Харысхал судаарыстыбаннай деятель Илья Винокуров туһунан суруйбут «Тэпсиллибэт үтүө аат» драма-хроникатыгар олоҕурбут испэктээккэ билиэт барыта атыыланан бүппүт.
Испэктээк Саха театрын 110-с үбүлүөйдээх сезонун арыйар. Режиссер Андрей Борисов дьон ылыныытын маннык быһаарар: «Норуот бэйэтин историятын, дьоруойдарын билиэн баҕарар. Илья Винокуров САССР миниистирдэрин Сэбиэтин совнаркомун бэрэссэдээтэлинэн үлэлии олорон, сэрии сут-кураан кэмигэр норуотун тыыннаах хаалларбыт улуу киһибит. Кулаковскай, Неустроев, Алампа үтүө ааттара туругурарыгар кыаҕын-күүһүн анаабыт киһибит«.
Илья Винокуров түөрэҕин бырахпыт сирин-уотун дьоно — намнар — испэктээк бэлэмнэниэҕиттэн сыанаҕа тахсарын долгуйа күүтэллэр. Улуус баһылыга Александр Атласов: «Илья Егорович туһунан элбэх кинигэ таҕыста, ол эрэн театрга тыыннаах уобараһы оҥорон көрдөрүү — бу олох атын«.
Бу испэктээктэн саҕалаан, Андрей Борисов туруоруутун сиэрийэ тахсыа. «Барыта ыччат аныгы олоҕу сөптөөхтүк көрүүтүгэр ананар«, — диир режиссер.
Премьера кэнниттэн театр кэлэктиибэ улуустарга гастролга турунуо. Онон, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо олунньу 23 күнүттэн кулун тутар 20 күнүгэр диэри Саха театрын күүтүҥ. Былаан быһыытынан үс бөлөххө арахсан, Эбээн Бытантай, Дьааҥы, Усуйаана, Кэбээйи, Өлүөхүмэ, Хаҥалас улуустарын хабыахтара.