13 Сэтинньи 13.11
  • -27°
  • $ 82,98
  • € 92,33

Саха сириттэн биэс бөҕөс Астанаҕа аан дойду чөмпүйэнээтигэр кыттыаҕа

17:03, 09 октября
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на

Саха тустуутун оскуолатын иитиллээччилэрэ Арыйан Тютрин, Владимир Егоров, Айаал Белолюбскай, Георгий Окороков уонна Виктор Рассадин Казахстанҥа алтынньы 24 күнүттэн сэтинньи 1 күнүгэр диэри ыытыллар аан дойду чөмпүйэнээтигэр кытталларын туһунан ЯСИА иһитиннэрэр.

Астанаҕа спортивнай тустууга аан дойду күрэхтэһиитигэр 320 кэриҥэ спортсмен араас дойдуттан кыттыаҕа. Саха сириттэн биэс тустуук кыттара былааннанар.

57 кг диэри ыйааһыҥҥа аан дойду көбүөрүн призера Арыйан Тютрин, Европа чемпиона Владимир Егоров, Азия оонньууларын боруонса призера Айаал Белолюбскай кытталлара күүтүллэр. Бу ыйааһыҥҥа 35 тустуук кыттара сабаҕаланар.

61 кг диэри ыйааһыҥҥа Олимпиада кыттыылааҕа Георгий Окороков киирсиэҕэ, манна 30 киһи кыттара биллэр. Азия оонньууларын боруонса призера, икки төгүл Азия чөмпүйэнээтин финалиһа Виктор Рассадин 74 кг диэри ыйааһыҥҥа эмиэ тустуоҕа, бу ыйааһыҥҥа 36 күрэстэһээччи баар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА