Арассыыйа Социальнай пуондатын бэрэссэдээтэлэ Сергей Чирков этэринэн, кырдьар сааһынан страховой биэнсийэ орто кээмэйэ 2466 солкуобайынан эбиллэн, 30 241 солкуобайга диэри үрдүөхтээх.
Бу маннык үрдээһин 37,5 мөлүйүөн киһини таарыйыаҕа.
Санатар буоллахха, 2019 сылтан тохтуу сылдьан баран, Арассыыйаҕа биэнсийэни сылга иккитэ индексациялааһын сөргүтүллүөҕэ. Олунньуга бастакы индексация ааспыт сыллааҕы инфляцияны ситиэхтээх, муус устардааҕы индексация үлэ төлөбүрүн пуондата үрдүүр тэтимин ситэр диэн Банки.ру суруйар.
Биэнсийэ үрдүүр кээмэйэ хас биирдии киһи биэнсийэтин кээмэйиттэн, ыстааһыттан, коэффициеныттан тутулуктаах, барыта биир буолбат. Маны тэҥэ, Саха сиригэр хотугу оройуон коэффициена эбиллэр.
«Биир кэлим босуобуйа уонна тиийинэн олоруу алын кээмэйин кытта ситимнээх төлөбүрдэр 2027 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 6,8%, оттон Ийэ хапытаала, оҕо босуобуйата, ЕДВ, о.д.а. социальнай төлөбүрдэр олунньу 1 күнүттэн үрдүөхтэрэ», — диэн үлэ, социальнай сайдыы миниистирэ Антон Котяков иһитиннэрдэ.
2027 сылга Социальнай пуондҕаа страховой биэнсийэни төлүүргэ барыта 13,4 триллион солкуобай көрүллүбүт.



