Ил Дархан Айсен Николаев уонна Донецкай народнай өрөспүүбүлүкэ Кировское куоратын дьаһалтатын баһылыга Сергей Ермаков бэс ыйын 28 күнүгэр бииргэ үлэлиир докумуоҥҥа илии баттаатылар.
Докумуоҥҥа сурулларынан, Саха сирэ Кировское куорат экономиката, социальнай эйгэтэ, олохтоохтор эйэлээх олоххо төннөллөрүгэр, түргэн тэтимнээхтик чөлүгэр түһүүтүгэр көмөлөһүөҕэ.
Докумуоҥҥа илии баттаһыыта Кировское куоракка буолла, Айсен Николаев онно оробуочай командировкатыгар кэмигэр.
«Бүгүн биһиги ыам ыйыттан ыытыллар үлэни сөбүлэҥ сурукка суруйдубут. Сүрүннүүргэ суһал штаб тэриллибитэ уонна оробуочай бөлөх. Кинилэр Кировское куорат дьаһалтатын кытта инники күөҥҥэ тутуллар соруктары быһаардылар. Чөлүгэр түһүөхтээх эбийиэктэр испииһэктэннилэр, манна доруобуйа харыстабылын, үөрэх, итиини биэрэр, электричество уотун, суол тэрилтэлэрин эбийиэктэрэ бааллар», – диэтэ Николаев.
Сөбүлэҥ сурукка өрүттэр промышленнай оҥорон таһаарыы, предпринимательство, агропромышленнай комплекс, наука, үөрэх, ыччат бэлиитикэтэ, доруобуйа харыстабыла, социальнай көмүскэл, спорт, туризм, культура, баҕа өттүнэн үтүө дьыаланы оҥоруу, атыы-эргиэн-экономика эйгэтигэр холбоһуктаах бырайыактары киллэрэр туһунан суруйдулар.
Сиһилии https://ysia.ru/soglashenie-o-sotrudnichestve-podpisali-yakutiya-i-gorod-kirovskoe-dnr/