Бу сылга өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бюджетын дохуота 3,9 млрд солк улаатыа. Ил Түмэн мунньаҕар 2020 сыллааҕы уонна былааннаах 2021-2022 сыллардааҕы бюджеты көрүү кэмигэр этилиннэ, СИА суруйар.
«2020 сылга өрөспүүбүлүкэ бюджета 3,93 млрд солк улаатыа уонна борогунуос көрдөрүүтүнэн 223,2 млрд солк тэҥнэһиэ», — диэн парламеҥҥа үп миниистирэ Валерий Жондоров иһитиннэрдэ.
Биэдэмистибэ баһылыга эппитинэн, бюджет эбиллиитэ сүрүннээн федеральнай бюджеттан үбүлээһин суотугар оҥоһуллар. Маны сэргэ хотугу норуоттар түөлбэлээн олорор сирдэригэр этнологическай экспертизаны ыытыыга эбии баар.
Ороскуот 2020 сылга 230,3 млрд солк диэри улаатыа, судаарыстыбаннай иэһи толуйууга. Үп министиэристибэтин борогунуоһунан, нолуоктан уонна нолуога суохтан киирэр дохуот 203,2 млрд солк түһүө, ити эрээри 2022 сылга турук көнүө — 221,5 млрд солк таһым тутуһуллуо.
Бюджет туһунан сокуон бырайыагын көрүү түмүгүнэн, парламент бүтэһик ааҕыыга ылынарга сөбүлэстэ.