Допины туттууга сыһыаннаах айдаан кэнниттэн норуоттар икки ардыларынааҕы олимпийскай кэмитиэт Россия чэпчэки атлетикаҕа көрүҥэр кыттааччыларын утары ылыммыт миэрэтин үрдүнэн, Саха сирин бэрэстэбиитэллэрэ Риоҕа буолар Олимпиадаҕа уонна Паралимпиадаҕа кыттар буоллулар. Бу туһунан Егор Борисов от ыйын 5 күнүгэр «Саха»НКИК ханаалынан иһитиннэрдэ.
«Биһиги сүүрүкпүт Сардаана Трофимова Олимпиадаҕа кыттарыгар олус эрэллээхпин. Кини кимиилээхтик үлэлээтэ, бэйэтин туругар бигэтик сананар. Тренердэрэ да, сүүмэрдэммит хамаанда салалтата да онно санаата халбаҥнаабат. Мин санаабар, онно Саха сириттэн бэрэстэбиитэлистибэ муҥутуур элбэх буолуо. Биһиги спортсменнарбыт Паралимпиадаҕа эмиэ кыттыахтара: ууһут Анастасия Диодорова, ыарахан ыйааһыннаах атлетикаҕа Владимир Балынец, охчут Степанида Артахинова. Кинилэр бары Россия сүүмэрдэммит хамаандатыгар бааллар», — диэтэ Борисов.
Допины туттууга сыһыаннаах айдааҥҥа Егор Борисов бэйэтин көрүүтүн маннык эттэ: «Хас биирдии киһи эппиэтинэстээх буолуохтаах. Кими эрэ буруйдуу сатааһын сыыһа. Өссө бэлиитикэҕэ кубулутуу сатаммат. Бу тренер уонна спортсмен эппиэтинэһэ. Мин санаабар, бу арыллаан атын атлеттарга уонна спорду көҕүлээччилэргэ уруок буолуо», — диэтэ кини.