Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназия саалатыгар пневматическэй бинтиэпкэнэн буулдьанан ытыыга күрэхтэһии иккис күнэ түмүктэннэ. Бангладеш, Ирак, Кыргызтан, Пакистан, Россия, Сингапур уонна Шри-Ланки дойдуларыттан манна кытыннылар.
Сибиир федеральнай уокуругуттан кэлбит Яна Енина кыайыылаах буолла, иккис миэстэҕэ — Ирина Локионова (Казахстан), үһүс –Нюргустаана Борохина.
«Биэс бастыҥ ытааччы ахсааныгар киириэм дии санаабат этим. Төрдүс миэстэҕэ иһэрбин билэн баран бигэ санаа үөскээбитэ. Боруонса мэтээл – миэхэ соһуччу үөрүү. Кыайыыбын тренербэр уонна дьиэ кэргэммэр аныыбын», – диэн Нюргустаана Борохина СИА-ҕа эттэ.