27 тыһ тахса оскуола үөрэнээччитэ бүтүн Россиятааҕы «Смотри, это Россия!» патриотическай бырайыакка кытынна. Оҕолор видеооткрыткаларын төрөөбүт дойдуларын туһунан оҥордулар.
Тэрийээччилэр үлэлэри көрөн баран, Саха сирин оҕолоро биэс сүрүн тиэмэни талбыттарын эттилэр. Ол курдук: ураты үгэстэр уонна сиэр-үгэс (ыһыах, хомус, национальнай таҥас), айылҕа баайа (дьүкээбил, алмаас, тымныы, ордук Өймөкөөн); саха сирин саарыннара (өрөспүүбүлүкэ бастакы президенэ, Сэбиэскэй Сойуус уонна Россия геройдара, табаһыттар, атын эйгэ үлэһиттэрэ); бэлиэ сирдэр (пааматынньыктар, театрдар, музейдар, ордук сэлии музейа); ыччат сайдар кииннэрэ (оскуолалар уонна оскуолаларга ааттара иҥэриллибит биллиилээх дьон, «Азия оҕолоро» оонньуулар, университет уонна кини выпускниктара).
«Смотри, это Россия!» быйыл үһүс төгүлүн ыытыллар. Модерация ааспыт 1500 видеоролик бырайыак сайтыгар баар.