Бороҕон бүһүөлэгэр бэҕэһээ старт бэрилиннэ — Саха сирин норуоттарын ХХХ Спортивнай оонньууларыгар диэри 1000 күн хаалбытын бэлиэтээтилэр. Оонньуулар 2022 сылга Уус Алдан улууһугар ыытыллыахтара, диэн иһитиннэрэр СИА.
Оонньууларга старт биэриитэ Бороҕон киин болуоссатыгар тэрилиннэ. Бастыҥ спортсменнар былааҕы туттардылар.
Анал таблоны улуус баһылыга Алексей Федотов, Сурдлимпийскай Оонньууларга кыһыл көмүс мэтээл хаһаайына Василий Стрекаловскай, мас-рестлинг аан дойдутааҕы чемпиона Дмитрий Попов, Дыгын Оонньууларын сэттэ төгүллээх кыайыылааҕа Иван Белолюбскай, остуол тенниһыгар Уһук Илиҥҥэ түөрт төгүллээх чемпион Василий Румянцев холбоотулар.
«Элбэх функциялаах спортивнай комплекс, единоборство заалын уонна стадион тутуутун бырайыактара түмүктэннилэр. Суолу оҥоруохпут, улууспут тас-ис көрүҥүн тупсарыныахпыт. Үс сылынан тыһыынчанан ыалдьыт биһиэхэ кэлиэ, кинилэри көрсүү, күрэхтэһиилэр үрдүк таһымҥа ыытыллалларыгар кыахпытын-күүспүтүн ууруохпут», — диэтэ Алексей Федотов.
Василий Стрекаловскай сыалы ситиһэргэ оройуон олохтоохторун түмсүүтэ уонна сомоҕолоһуута элбэҕи быһаарар кыахтааҕын эттэ.