“Доруобуйаны харыстыыр саҥа технологиялар”, “Саҥа атомнай уонна энергетическэй технологиялар” уонна “Саҥа матырыйааллар уонна химия” диэн саҥа национальнай бырайыактар олоххо киириэхтэрэ. Тэрээһини РФ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин тэрийэн ыытта. Ил Дархан Айсен Николаев саҥа национальнай бырайыактары бэлэмнээһин стратегическай сиэссийэҕэ кыттыыны ылла.
«Доруобуйаны харыстыыр саҥа технологиялар» стратегическай сиэссийэҕэ доруобуйаны харыстааһын, дьон көхтөөх олоҕун уһатыы боппуруостарын дьүүллэстилэр. Михаил Мишустин дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бу хайысхалар суолталарын өрүү болҕомтоҕо уурарын тоһоҕолоон эттэ.
“Бу национальнай бырайыак сүрүн сыала-соруга — саҥа мэдиссиинэ технологияларын олоххо киллэрии, клиническэй чинчийиилэри ыытыыга көмөлөһүү, эрэллээх диагностическай уонна эмтиир ньымалары, эмтэри, мэдиссиинэ тэриллэрин уонна бородууксуйаны регистрациялааһын уонна таһаарыы, ол иһигэр “регенеративнай биомедицина” уонна “ткань инженериятын” эйгэлэрин сайыннарыы», — диэн бэлиэтээтэ Михаил Мишустин. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ бу соруктары олоххо киллэрии фармакология эйгэтигэр уонна мэдиссиинэ салаатын эйгэтигэр сайдыы суола түстэниэҕин бэлиэтээтэ. Михаил Мишустин этэринэн, «Саҥа ядернай уонна энергетическэй технологиялар» уонна «Саҥа матырыйааллар уонна химия» диэн сонун национальнай бырайыактар технологическай салаа муҥутуурдук сайдыытын хааччыйыахтара.