19 Муус устар 19.04
  • -5°
  • $ 94,09
  • 100,53

Саха сирин 950 олохтооҕо көмүс хостуур тэрилтэҕэ үлэлиир

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сирин көмүс хостуур хампаанньаларыгар 9 ый устата 954 киһи үлэҕэ киирдэ, онтон 454-дэ 35 дылы саастаах эдэр ыччат. Олохтоох каадырдар көмүс хостуур 11 тэрилтэҕэ үлэлииллэр.

«Бөдөҥ бырамыысаланнай бырайыактары олоххо киллэрии, саҥа үлэ миэстэтин таһаарар, олохтоохтого үлэ булалларыгар көмөлөһөр. Салгыы идэлээх каадырдарга дэписсиит тахсыбатын туһугар эбии үөрэтэргэ усулуобуйа тэрийиэхтээхпит. Үрдүк тиэхиникэлээх үлэҕэ тустаах идэлээхтэр үлэлиэхтээхтэр«, — диэн Айсен Сергеевич бэлиэтээтэ.

Өрөспүүбүлүкэ былаастара каадырдарга дэпэссиити аҕыйатар туһугар, төһө кыалларынан олохтоох дьону үлэҕэ ылар былааннаахтар. Чуолаан, Нежданинскайдааҕы көмүс баайдаах сиргэ 1000 үлэ миэстэтэ тахсыан сөп.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА