3 Ыам ыйа 03.05
  • $ 92,05
  • 98,64

Саха сиригэр ууга барыан сөптөөх 123 нэһилиэнньэлээх пуун баар

09:01, 20 апреля 2023
Текст:
Фото: Мария Васильева, ЯСИА
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиригэр быйыл уу ааһыыта ыарахан балаһыанньалаах. Бырабыыталыстыба бары өттүн учуоттаан бэлэмнэнии үлэтин ыытар. Дьаһаллар кыраапык быһыытынан бараллар.

Билигин харыан сөптөөх сирдэргэ хараардыы үлэтэ уонна мууһу эрбээһин ыытыллар. Ол туһунан бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Дмитрий Садовников эттэ.

«Гидрометеорологическай усулуобуйаларынан борогунуос соччото суох. Хаар элбэх, оттон өрүстэр күһүн туралларыгар толору хаалаахтара, онон халаан уута ааһыытын ыарахаттардаах буолуон сөп диэн күүтэбит. Бырабыыталыстыба элбэх үлэни ыытта. Үөрэхтэр буоллулар. 186 гидрологическай пост үлэлиэҕэ. Хараардыы, мууһу эрбээһин үлэтэ ыытыллар. Харыан сөптөөх сир ахсаана 77. Үлэ былаанынан барар. Бэдэрээччиктэр быһаарылыннылар, харчылара баар», — диэтэ Дмитрий Садовников «Сахамедиа» былаһааккатыгар халаан уутун аһардыыга анаммыт пресс-конференцияҕа.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА