Саха сиригэр алтынньы 4 күнүнээҕи туругунан 54 тыһыынча туоннаттан тахса үүтү туттулар, бу былаантан 81,33 % тэҥнэһэр. Быйыл барыта 64 тыһыынча туоннаны бэлэмниир былааннаахтар диэн тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ, 1,53 %- нан хаалыы баара бэлиэтэннэ. 2022 сылга бу курдук отчуоттуур кэмҥэ 52 889,71 туонна үүт соҕотуопкаланна.
Соҕотуопкалыыр тэрилтэлэр былааннаммыт 3,8 млрд солк. тахса суумалаах үптэн 3,6 млрд солкуобайы ыллылар. Субвенцияны 20 муниципальнай тэриллиигэ биэрдилэр.