22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха сиригэр үүт соҕотуопкатыгар миллиардтан ордук солкуобай субвенция ыытылынна

15:00, 21 июня 2017
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Үүтү соҕотуопкалааччыларга 1 073 585 1000 солк. субвенция ыытылынна, бу уопсай суума 43,7 % ылар. 2017 сылга барыта 2 млрд 450 мөл. солк. субвенция бу сыалга анаан тыырыллыбытын регион тыатын хаһаайыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.


Бэс ыйын ортотунааҕы көрдөрүүнэн, өрөспүүбүлүкэҕэ 23 256 т үүт туттарыллыбыт. Ааспыт сылга бу кэмҥэ көрдөрүү 16 840 т тэҥ. Бэс уонна от ыйдара ыам саамай үрүлүйэр кэминэн буолаллар.

Былаан быһыытынан, сэттэ тыһыынча туоннаттан элбэх үүтү Мэҥэ Хаҥалас улууһугар 7 339 т (туолуута 2 219 т), Чурапчыга – 7 581 т (туолуута 2 161 т) туттарыахтаахтар.

Алта тыһыынча туоннаттан таһаарыыга  Сунтаар 6 504 т (туолуута 2 280 т), Таатта – 6 250 т (туолуута 1 964 т) былааннаах.

Биэс тыһыынчаттан тахсар былаан Аммаҕа 5 556 т (1 557 т), Бүлүүгэ – 5 210 т (1 634 т), Ньурбаҕа – 5 227 т (1 470 т), Хаҥаласка – 5 739 тн (1 712 т) баар.

«Үүтү соҕотуопкалааһын көхтөөхтүк барар. Үгүс улуустар ыйдааҕы былааннарын аһары толороллор«, — диэн тустаах министиэристибэ иһитиннэрэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА