20 Ыам ыйа 20.05
  • 10°
  • $ 90,99
  • 98,78

Саха сиригэр сууккаҕа 3,4 тыһыынча гектар иэннээх сиргэ 11 ойуур баһаарын умуллардылар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиригэр ойуур баһаарын умуруорууга 1529 киһи, 37 анал тиэхиньикэ уонна авиация үлэлиир. Сууккаҕа 3391,1 га иэннээх сиргэ 11 ойуур баһаарын умуллардылар, бу туһунан атырдьах ыйын 11 күнүгэр экология, айылҕа харыстабылын уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрдэ.

Ону тэҥэ, ааспыт сууккаҕа 1710,2 гектар иэннээх сиргэ 10 саҥа ойуур баһаара бэлиэтэннэ.

Саха сиригэр бээтинсэҕэ 303 034,2 гектар иэннээх сиргэ барыта 117 ойуур баһаара баар. Баһаар үксэ уустук суоллаах-иистээх уонна ыраах сытар сирдэргэ буола турар. Билигин 245 493,2 гектар иэннээх сиргэ 57  уоту умулларыы үлэтэ бара турар. Итинэн 350,2 гектар иэннээх сиргэ түөрт баһаары тохтоттулар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар