30 Муус устар 30.04
  • $ 91,78
  • 98,03

Саха сиригэр сөп буолар ас-үөл хасааһа баар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дьокуускайга уонна бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн сөп буолар ас-үөл саппааһа баар. Бу туһунан СӨ предпринимательствоҕа, эргиэҥҥэ уонна туризмҥа миниистирэ Тимур Ханды социальнай ситимҥэ быһа биэрии кэмигэр иһитиннэрбитин СИА кэпсиир.

Саха сирин предпринимательствоҕа миниистирэ Тимур Ханды өрөспүүбүлүкэ бары сиригэр ас- үөл саппааһа баарын, ону тэҥэ Дьокуускайга халаан уутун кэмигэр наадалаах табаардар сөп буолар кээмэйдэрин эрдэттэн атыылаһарга үөрэммиттэрин иһитиннэрдэ.

«Ажиотажтаах быһыы- майгы, атыы-эргиэн хампаанньалара бурдук, саахар уонна да атын суолталаах ас-үөл бородуукталарын атыылаһан бүппүттэрин кэннэ сөп түбэстэ ол иһин, ас-үөл өттүгэр 3-4 ыйга саппаас баар. Ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннарга Арктика уонна уустук уустук суоллаах-иистээх оройуоннарга социальнай суолталаах табаардары тиэрдиинэн хаһыс да сылын Якутоптторг ситиһиилээхтик дьарыктанар. Онон бу былааҥҥа барыта хонтуруолга сылдьар онон туох да кыһалҕа тахсыа суохтаах», — диэн кэпсээтэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА