Биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы хамыыһыйа “Дьокуускай — Бэрдьигэстээх” уонна “Дьокуускай — Аллараа Бэстээх — Алдан — Нерюнгри” оптуобус маршруттарын бэлэмниир. Тырааныспар министиэристибэтигэр бу үлэ Ил Дархан сорудаҕынан ыытылларын бэлиэтииллэр.
“Массыына суолларын чинчийэн көрүү түмүгүнэн итилэр туруктара оптуобус сырыытын кэлэр сылтан арыйарга кыаҕы биэрэр”, — диэтэ суол сулууспатын уонна массыына тырааныспарын департаменын отделын салайааччыта Владислав Романов.
Хамыыһыйа салгыы үлэлиир. Аны “Дьокуускай — Нам”, Дьокуускай — Покровскай — Мохсоҕоллоох” уонна “Дьокуускай — Мирнэй” туһаайыыларыгар барыахтара.
Сыл саҕаланыаҕыттан өрөспүүбүлүкэ массыына суолларыгар тахсыбыт суол быһылааннарыгар 9 киһи суорума суолламмыта уонна 22 киһи эчэйиини ылбыта.