2 Ыам ыйа 02.05
  • $ 74,8
  • 88,64

Саха Сиригэр Өлүөнэ өрүскэ муус үөскээһинэ нуорма иннинэ бэлиэтэннэ

18:22, 09 октября 2025
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на

Өлүөнэҕэ муус үөскээһинэ нуорма иннинэ саҕаланна. УГМС иһитиннэрбитинэн, Сангар – Эдьигээн өрүс учаастагар муус туруктаах үөскээһинэ нуорматтан 1-3 суукка эрдэ бэлиэтэннэ.

Алдан өрүскэ Суон-Тиит гидропост таһынан уонна Эльдикан — Дьааҥы Перевоз учаастагар бастакы муус омооно көһүннэ, кыралаан кыдьымахтаан эрэрэ эмиэ бэлиэтэнэр. Аммаҕа Буяга гидропост таһынан муус быһыыта көһүннэ, элбэх сыллаах орто көрдөрүүттэн 2 суукка хойутаан үөскээтэ.

Абый оройуонун Белай Горатын туһунан Индигиркэҕэ элбэх сыллаах орто болдьохтон 2 суукка эрдэ муус бүрүөһүнэ үөскээтэ. Чокурдаахха 4 күн хойутаан бигэ муус үөскүүр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Ключевые слова