Саха Өрөспүүбүлүкэтин тырааныспарка уонна суол хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, 2026 сыл ыам ыйын 18 күнүгэр биэдэмистибэ бирикээһигэр илии баттанна. Дьокуускай куораты уонна Жатайы киллэрэн туран, өрөспүүбүлүкэ үгүс оройуонугар кыра суудуналар айанныыллара көҥүллэннилэр.
Болдьох иннинэ акваторияҕа тахсыы бобуллар уонна административнай эппиэккэ тардыллыыны аҕалыан сөп.
Навигация саҕаланыытын болдьоҕо (оройуоннарынан):
Бэс ыйын 1 күнүттэн: Амма, Чурапчы, Таатта, Ленскэй, Өлүөхүмэ, Алдан, Уус-Маайа, Мииринэй, Сунтаар, Нерюнгри, Хаҥалас, Мэҥэ Хаҥалас, Горнай, Уус Алдан, Томпо, Нам, Кэбээйи, Ньурба, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү оройуоннара, ону тэҥэ Дьокуускай куорат уонна Жатай бөһүөлэгэ;
Бэс ыйын 8 күнүттэн: Дьааҥы, Эбээн-Бытантай, Үөһээ Халыма оройуоннара;
Бэс ыйын 10 күнүттэн: Өймөкөөн, Муома, Орто Халыма, Өлөөн, Аллараа Халыма, Эдьигээн оройуоннара;
Бэс ыйын 14 күнүттэн: Абый, Усуйаана оройуоннара;
Бэс ыйын 16 күнүттэн: Аллайыаха, Анаабыр, Булуҥ оройуоннара (Неелов хомото эрэ киирбэт);
От ыйын 23 күнүттэн: Булуҥ оройуонун Неелов хомото.
Бу бирикээс Саха сирин уу эбийиэктэригэр хонтуруоллуур-надзордуур үлэлэри ыытар федеральнай толоруулаах былаас территориальнай уорганнарыгар тарҕаммат.



