Коронавирус пандемиятынан сибээстээн, Саха сиригэр тастан тутааччылар киириилэригэр хааччахтааһын баарын үрдүнэн, биир да тутуу тохтообокко ыытыллар. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина эттэ, суруйар СИА.
«COVID-19 дьаҥын кэмигэр региоҥҥа биир да тутуу тохтотуллубата. Үлэһит илии өрөспүүбүлүкэҕэ киириитэ хааччахтардааҕа, ол үрдүнэн тутуу ыытылла турар — онкология киинэ, кардиология киинэ, дьыссааттар, оскуолалар, култуура дьиэлэрин тутуулара», — диэтэ Ольга Балабкина.
Кини бэлиэтээбитинэн, Ил Дархан биллэрбит Доруобуйа сылын нуорма-быраап докумуоннара, бырайыактар ылылыннылар.