Роспотребнадзор XEC диэн COVID-19 саҥа көрүҥэ тарҕанан эрэрин иһитиннэрэр, Саха сирэ суруйар.
Саха сиригэр коронавируһунан ыалдьыбыттар ахсааннара 50% үрдээтэ. Бу иннинэ 72 түбэлтэни бэлиэтээбит эбит буоллахтарына, ааспыт нэдиэлэҕэ 111 түбэлтэ бэлиэтэннэ диэн COVID-19 утары охсуһар федеральнай суһал ыстаап иһитиннэрэр.
78 киһи үтүөрбүт, 11 ыарыһах балыыһаҕа киирбит. СӨ Доруобуйаҕа харыстабыла СИА-ҕа иһитиннэрбитинэн, ордук аҕам саастаах дьон уонна хроническай ыарыылаахтар балыыһаҕа киирбиттэр.
Бу нэдиэлэҕэ Роспотребнадзор этэринэн, аан дойдуга ХЕС диэн ааттаммыт COVID-19 саҥа көрүҥэ олус түргэнник тарҕанан эрэр. Тумуунан, сөтөлүнэн, куолай ыарыытынан, сылаарҕааһынынан, титирэтиинэн уонна төбө ыарыытынан биллэриэн сөп.
Арассыыйаҕа, чуолаан Уфаҕа уонна Ростовскай уобаласка, ХЕС коронавируһугар сыстыбыт бастакы дьон хайыы үйэ бааллар.