12 Балаҕан ыйа 12.09
  • -2°
  • $ 84,26
  • 97,87

Саха сиригэр кэнники сууккаҕа 11 ойуур баһаарын тохтоттулар

09:34, 03 августа 2023
Читайте нас на

Саха сиригэр кэнники сууккаҕа 11 ойуур баһаарын тохтоттулар уонна 1 350 гектар иэннээх сиргэ 15 саҥа уоту буллулар.

Атырдьах ыйын 3 күнүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ Алдан, Үөһээ Бүлүү, Үөһээ Халыма, Дьааҥы, Кэбээйи, Мииринэй, Нерюнгри, Ньурба, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Уус-Маайа сиригэр-уотугар барыта 99 ойуур баһаара баар. Итинтэн 47-тин умуллара сылдьаллар, 11 тохтоттулар.

Баһаары умулларыыга 1 298 киһи, 45 баһаарынай тиэхиньикэ үлэлиир. Авиацияттан  АН-2  уонна Cessna 16 сөмөлүөтэ үөһэттэн кэтээн көрөллөр, алта Ми-8 бөртөлүөт уоту умулларар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Ключевые слова