Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр 12 ойуур баһаара булулунна, уопсай иэнэ 487 гектар. Амма, Бүлүү, Горнай, Эдьигээн, Өлүөхүмэ, Томпо, Уус Алдан уона Хаҥалас улууһугар уот туруута бэлиэтэннэ. 749 киһи уонна 50 техника үлэлээтэ. Ол туһунан экология миниистирин солбуйааччыта Андрей Коноплев эттэ.
«Ааспыт сууккаҕа биир баһаар уота бохсулунна, иэнэ 1,5 гектар Мэҥэ Хаҥалас улууһугар. Маны сэргэ үс уот тохтотулунна, уопсай иэнэ 110 гектар Үөһээ Халыма, Үөһээ Бүлүү улуустарыгар. Ырааҕынан, суола-ииһэ суоҕунан уонна нэһилиэнньэҕэ куттала суоҕунан, КЧС быһаарыытынан 26 ойуур баһаарын умуруоруу тохтотулунна, уопсай иэнэ 41 тыһыынча гектар. Алдан, Дьааҥы, Булуҥ, Жиганского, Нерюнгри, Кэбээйи, Томпо уонна Эбээн Бытантай оройуоннарыгар», — диэтэ Коноплёв.
Кини өрөспүүбүлүкэҕэ тахсар ойуур баһаардара этиҥи кытта сибээстээҕин эттэ.