Саха сиригэр коронавируһунан ыалдьыбыттарга анаан куойка ахсаанын элбэттилэр, 1116 диэри тириэртилэр. Олортон 500 миэстэ — Дьокуускайга. Ол туһунан Ольга Балабкина суһал штаб брифинигэр эттэ, СИА суруйар.
Ольга Балабкина бэлиэтээбитинэн,ыарыһах ахсаана эбиллэр. Бүтэһик дааннайынан сууккаҕа 55 киһи эбиллибитэ. «Бу саҥа очаг буолбатах, барыта тастан киирбит инфекциялааҕы кытта алтыһыылар«, — диэтэ кини.
Өрөспүүбүлүкэҕэ сыстыганнаах ыарыыга сутуллубуттарга анаммыт куойка ахсаанын 1116 тириэртилэр, онтон 500-һэ Дьокуускайга. Онон миэстэ тиийбэт диэн сэрэхэдийии уһуллар.
Ыарыһахтар туруктарын көрдөххө, Мииринэйгэ ыарахан туруктаахтар бааллар. «Кинилэри Дьокуускайга аҕалыы туһунан быһаарыы ылыллар. Салгыы эмтэниини киин куоракка барыахтара. Дьокуускайга аҕыс ыарахан туруктаах киһилээхпит, саастаах уонна хроническай ыарыылаах дьон», — диэтэ Балабкина.
Тест оҥоруутун, компьютернай томография өҥөтүн ахсаанын элбэтэр сорук турар.