Быйыл Саха сиригэр 57 оскуоланы капитальнайдык өрөмүөннүөхтэрэ. Үөрэх миниистирин бастакы солбуйааччыта Алевтина Аргунова эппитинэн, бу үөрэнээччигэ уонна педагогка үөрэнэллэригэр уонна үлэлииллэригэр усулуобуйа тэрийиитэ буолар.
Оскуолаларга түннүктэри, дьиэ хоруобуйатын, ититэр ситимин уонна муостатын уларытыахтара.
Маны сэргэ тутааччылар таһын тупсарар уонна кырааскалыыр үлэни оҥоруохтара. «Ааспыт сылга үчүгэй практика баара биллэр, оскуола харахха быраҕыллардыы уларыйбыта, үөрэх хаачыстыбатын тупсарыыга бу улахан туһалаах», – диэтэ соцситимнэргэ Аргунова.
Ааспыт сылга 38 оскуола модернизация бырагырааматынан өрөмүөннэммитэ.