2 Ыам ыйа 02.05
  • $ 74,8
  • 88,64

Саха сиригэр быйыл 160 мөлүйүөнтэн тахса сымыыты оҥорон таһаарыахтара

14:05, 28 июля 2023
Читайте нас на

Саха сирин бары хаһаайыстыбаларыгар 2023 сылга 162 мөл. тахса сымыыты оҥорон таһаарара былааннанар. Ити былырыыҥҥытааҕар 4,5% элбэх, ол аата 7 мөл. устуукаанан элбээбит. Сымыыты оҥорон таһаарыы кээмэйэ өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин наадыйыытын 55% хааччыйыаҕа.

Көтөр бородууксуйатын 90,5%- на өрөспүүбүлүкэҕэ баар бөдөҥ тэрилтэлэргэ оҥоһуллар. Ордубут 9,5% бааһынай уонна кэтэх хаһаайыстыбаларга тиксэр.

Өрөспүүбүлүкэҕэ 3,3 тыһ. туонна көтөр этин оҥорон таһаараллара былааннанар, ол аата региоҥҥа эти оҥорон таһаарыы уопсай кээмэйиттэн 8 %- нын ылар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА