20 Ыам ыйа 20.05
  • 12°
  • $ 90,99
  • 98,78

Саха сиригэр 9 ойуур баһаара умуруорулунна

11:13, 21 августа 2023
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар 9 ойуур баһаара (уопсайа 36 333 га  иэннээх сир) уонна 1 ландшафтнай баһаар (иэнэ — 368 га)  умуруорулунна. Бу туһунан СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистири солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрдэ.

Атырдьах ыйын 21 күнүгэр сарсыарда уопсайа 38 639  га иэннээх 23 ойуур баһаар баара бэлиэтэнэр. Итиэннэ 10 722 га иэннээх 6 баһаар бохсулунна.

Уоту умуруорууга 363 киһи, 2 тиэхиньикэ үлэлиир.

Бэлиэтээн суруйдахха, 2021 сылга бу кэмҥэ уопсайа 1 275 692 га иэннээх 64 ойуур баһаара турбута.

Саха сирэ

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар