29 Кулун тутар 29.03
  • -13°
  • $ 92,26
  • 99,71

Саха сиригэр 3,6 тыһыынчаттан тахса тыа сиригэр олорор биэнсийэлээх эбии төлөбүр ылла

11:38, 19 декабря 2019
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Тыа сирин олохтоох биэнсийэлээхтэригэр бу сылтан эбии төлөбүр оҥоһуллар буолла. СӨ биэнсийэтин фондатыгар иһитиннэрбиттэринэн, 2019 сыл бүтүөр диэри элбэх биэнсийэ ылааччыны хабар сорук турар. 


«Ахсынньы 31 күнүгэр диэри бу түһүмэҕи бүтэриэхтээхпит. Бу эбии төлөбүрү ылыахтаах биэнсийэлээхтэр иннилэригэр эппиэтинэспит буолар», — диэтэ фонда управляющайа Георгий Степанов.

2019 сылга тыа сиригэр олорор, 30 сыл тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлээбит ыстаастаах дьоҥҥо биэнсийэлэрэ 25% үрдээтэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ 3,6 тыһ. тахса киһи бу өҥөнөн туһанна.

Билигин испииһэгинэн үлэ салҕанар. Санатар эбит буоллахха, алтынньыга бу маннык төлөбүрүнэн туһаныан сөптөөх биэнсийэлээхтэри докумуоҥҥа суһаллык киллэрэр туһунан сорудах бэриллибитэ.

«2020 сыл саҥатыттан хоһулаан ааҕыыга быраабыла уларыйар. Ол эбэтэр сайабылыанньа тохсунньуга киирбит буоллаҕына, эбии төлөбүрү олунньуттан ааҕыллар. Оччотугар маннык төлөбүргэ бырааптаах киһи 16 тыһ.солк. сүтэрэр. Онон салайааччылар, маны сөпкө өйдөөн, биэнсийэнэн туһанар бырааптаах дьону түргэнник докумуоҥҥа киллэрэргит наадалаах», — диэтэ Степанов.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар