Саха сиригэр 2022 сылга инвестиционнай бырагырааманы олоххо киллэрии чэрчитинэн 83 социальнай суолталаах эбийиэктэри тутуу көрүлүннэ. Бырагыраама каассовай толоруута сэтинньи ыйга 42 млрд солк. кэриҥэ буолла. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ үбүн миниистирэ Валерий Жондоров быһаччы эфиргэ иһитиннэриитигэр эттэ.
Валерий Жондоров быйыл инвестиционнай бырагырааманы олоххо киллэриигэ үрдүк суолталаах былаан баарын бэлиэтээтэ. Сэтинньи 1 күнүнээҕи туругунан каассовай толоруу 42 млрд солк. тэҥнэстэ. Итинтэн 26 млрд солк федеральнай бүддьүөт суотугар буолуоҕа 15 млрд солк. тахса үп өрөспүүбүлүкэттэн бэриллиэҕэ.
Бу сыыппараларг 2022 с. социальнай суолталаах 83 эбийиэк тутуута турар, ити кэнники сылларга муҥутуур кээмэй буолар. Олор истэригэр 4800 миэстэлээх 19 оскуола , сэттэ оҕо саада, анал үөрэхтээһин биир эбийиэгэ, физическэй култуура уонна спорт 12 эбийиэгэ, доруобуйа харыстабылын 27 эбийиэгэ, култуура 15 эбйиэгэ.
«Быйыл оскуолалары өрөмүөннүүр бырагыраама аан бастакытын ыытылынна, 38 өрөмүөннэннэ, эһиил бу бырагыраама салгыы ыытыллыаҕа», — диэн миниистир эбэн эттэ.