22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха сиригэр 200 киһи "самоизоляция" эрэһиимин кэстэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиригэр 200-тэн тахса киһи самоизоляция эрэһиимин кэһэн, административнай эппиэтинэскэ тардыллар. Хонтуруол хайдах барарый? Уулуссаҕа тоҕо анкета толоттороллоруй? Ускул-тэскил сылдьар дьон ахсаана аҕыйаата дуо? Якутия24 ханаалга ИДьМ Саха сиринээҕи салаатын суһал штабын салайааччытын солбуйааччы Михаил Кондаков кэпсээтэ диэн, СИА суруйар.


Саха сиригэр бүгүҥҥү туругунан 200 киһи административнай эппиэтинэскэ Ил Дархан ыйааҕынан ылыллыбыт быраабыланы кэһэн, тардыллар. Кулун тутар 17 күнүттэн «самоизоляция» эрэһиимэ уонна харантыын Дьокуускайга, Жатайга, Мииринэй, Нерюнгри оройуоннарыгар, маны сэргэ Ленскэйгэ, Алдаҥҥа биллэриллибитэ.

Михаил Кондаков быһаарбытынан, олохтоохтор икки категорияҕа арахсаллар:  хайаан да самоизоляцияҕа олороллоро булгуччулаах тастан киирбиттэр уонна ыйаахха олоҕуран дьиэлэриттэн тахсыа суохтаахтар. Полиция сотрудниктара аадырыстарынан кэрийэн видеозвоногунан бэрэбиэркэииллэр, эбэтэр баар сиригэр видеокамеранан көрөллөр.

Хонтуруолга 1500 киһи булгуччулаах «самоизоляцияҕа» баар. ИДьМ бэрэстээбиитэлэ иһитиннэрбитинэн, эрэһиими кэспит биэс киһи самоизоляцияларын эрэһиимэ бүттэҕинэ, административнай эппиэтинэскэ тардыллыахтаахтар.

«Буруйу оҥоруу кэнниттэн эппиэтинэскэ тардыыга биир сыл бэриллэр. Ол эбэтэр буруйдаахтарга сыл иһигэр бу буруйдарынан төннөн кэлиэхпитин уонна миэрэлэри ылыахпытын сөп», — диэтэ Кондаков.

Сиһилии https://ysia.ru/bolee-200-yakutyan-privlekli-k-administrativnoj-otvetstvennosti-za-narushenie-rezhima-samoizolyatsii/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА