Саха сиригэр 124 тулаайах оҕо 400 мөлүйүөн солкуобай суумаҕа олорор дьиэ сертификатын ылла. Бу туһунан социальнай ситимнэргэ аһаҕас эфир кэмигэр өрөспүүбүлүкэҕэ тутуу миниистирин бастакы солбуйааччы Галина Новикова иһитиннэрдэ, диэн СИА кэпсиир.
Тулаайах уонна көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолору дьиэнэн хааччыйыыга өрөспүүбүлүкэҕэ 1,5 млрд солк. кэриҥэ үп көрүллүбүтэ.
«Эһиил бу суума арыый кыра буолуо дии саныыбыт. Кэлэр сыллааҕы бүддьүөтү оҥорууга наадалаах сайаапкалары барытын ыыппыппыт», — диэн бэлиэтээтэ Галина Новикова.
Сертификатынан бэриллэр сууманы 33 квадратнай миэтэрэ сыанатыгар олоҕуран ааҕаллар. Харчы өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн атыылааччы эбэтэр застройщик суотугар түһэр.