22 Сэтинньи 22.11
  • -29°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха сиригэр 12 тыһыынча кэриҥэ балтараа сааһын туола илик оҕолоох төрөппүт оҕо босуобуйатын ылар

12:12, 29 августа
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Быйылгы сыл саҕаланыаҕыттан Арассыыйа социальнай пуондата Саха сиринээҕи салаата балтараа сааһын туола илик оҕолоох  11 903 үлэһит төрөппүккэ босуобуйа анаата. Бу туһунан регионнааҕы салаатын пресс-сулууспата суруйар.

Босуобуйаны инники икки халандаарынай сыл ыла сылдьбыт хамнаһын ортотунан 40 % төлөнөр, ол эрээри алын кээмэйтэн намыһаҕа суох. Ону оҥорорго үлэ биэрээччигэ туһааннаах сайабылыанньа суруйуохха наада. Ол кэннэ үлэн тэрилтэтэ Саха сиринээҕи социальнай пуондатын салаатыгар тустаах информацияны ыытар.

2024 сылга босуобуйа муҥутуур кээмэйэ ыйга 49 123,12 солкуобай (оройуоннааҕы коэффициены учуоттаан), алын кээмэйэ (оройуоннааҕы коэффициены учуоттаан) 12 918,14 солкуобайга тэҥнэһэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар