24 Муус устар 24.04
  • $ 93,29
  • 99,56

Арассыыйа олохтоохторугар бэс ыйын 1 күнүттэн оҕо төлөбүрэ хайдах уларыйарын туһунан кэпсээтилэр

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бэс ыйын 1 күнүттэн оҕолор төлөбүрдэригэр, дохуоттан тутулуктаах туох уларыйыы киирэрин туһунан, «Госуслуги» портал бэйэтин телеграмм-ханаалыгар кэпсээтэ.

Бэс ыйын 1 күнүттэн айах ииттинэн олоруу алын кээмэйэ 10 %-нан үрдүөҕэ, хамнас алын кээмэйэ улаатар онон оҕолоох ыалга төлөбүрү ааҕыыга бу дьайар:

  • нэһилиэнньэ дууһатыгар;
  • үлэлиир кыахтаах нэһилиэнньэ;
  • оҕолорго.

Федеральнай тиийинэн олоруу алын кээмэйин таһынан регион таһыма эмиэ улаатыаҕа. Ол төлөбүрдэргэ сабыдыаллыыр.

Дьиэ кэргэн орто дохуота төһө кыалларынан регионнааҕы дьиэ кэргэн тиийинэн олоруу алын кээмэйин кытта тэҥнэһиэхтээх:

  • бастакы уонна иккис 3 саастарыгар диэри оҕолоохторго төлөбүр — үлэлиир кыахтаах нэһилиэнньэ ;
  • дьахтар хат кэмигэр ылар төлөбүрдэрэ, 3- тэн 7- гэр диэри уонна 8- тэн 17- гэр диэри саастаах оҕолоохторго— нэһилиэнньэ дууһатыгар.

Айах ииттинэн олоруу алын кээмэйин сайабылыанньа биэрбит күннэриттэн ааҕаллар. Сайабылыанньаны 2022 сыл бэс ыйын 1 күнүттэн биэрдэхтэринэ, 10% үрдүк буолуоҕа.

Холобур, ыал ыйдааҕы дохуота 13 500 солк. этэ, оттон тиийинэн олоруу алын кээмэйэ бэс ыйын 1 күнүгэр диэри 12 400 солк. этэ. Төлөбүрү төлүүр бырааба тахсыбата. Кини тиийинэн олоруу алын кээмэйин улаатыннарыы кэнниттэн 13 640 солк. — оччотугар дьиэ кэргэн төлөбүрү ылар бырааптаах буолан тахсар.

Босуобуйа кээмэйэ 10% үрдүөҕэ, манна региональнай тиийинэн олоруу кээмэйиттэн тутулуктаах:

  • үлэлиир кыахтаах нэһилиэнньэҕэ — дьахтар хат кэмигэр көрүллэр төлөбүрдэрэ;
  • 3- гэр диэри саастаах оҕолорго, 3- тэн 7- гэр диэри уонна 8- тэн 17- гэр диэри саастаах оҕолорго.

Индексация кэнниттэн босуобуйа кээмэйэ 10% үрдүөҕэ. Бэс ыйыгар төрөппүттэр хамнастара үрдүөҕэ. Босуобуйу  хайыы-үйэ анаммыт буоллаҕына, саҥа сайабылыанньа биэрэр наадата суох.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА