Россия ресторатордарын уонна отельердарын Федерациятын президенэ Игорь Бухаров Саха сирин гастрономическай кыаҕын үрдүктүк сыаналаата уонна ураты астаах-үөллээх өрөспүүбүлүкэни бастыҥнар ортолоругар киллэрдэ. Ол туһунан регион ыалдьыттаһыыга Ассоциацията биллэрдэ.
«Биһиэхэ хас да регион баар, кинилэри олохтоох аһынан-үөлүнэн туристары ыҥырар гастрономическайдарынан ааттыахха сөп. Бу Кавказ уонна Саха сирэ. Бу регионнарга олохтоох бородууктанан төрүт оҥостон астыыллар. Убаһа этэ дойду араас муннуктарыгар атыыланар — бу ураты көстүү. Элбэхтик оҥорон таһаарыахха уонна Саха сириттэн экспортыахха», — диэтэ Игорь Бухаров ВЭФ-2022 былаһааккатыгар.
Саха сиригэр гастрономическай туризм сайдыытыгар биир сүрүн кыһалҕанан ингредиеннэр тиийбэттэрэ буолар. Иккиһинэн, дойду таһымыгар саха аһын-үөлүн билии таһыма кыра.