22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха киинэтэ Соҕуруу Кэриэйэҕэ сүрэхтэннэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Соҕуруу Кэриэйэ Пусан куоратыгар Айаал Адамов  «Айыы Куо» киинэтэ аан дойдутааҕы премьерата буолла. Саха режиссерун киинэтэ Арассыыйа аатыттан бэстибээлгэ кытынна. Быйыл бэстибээл 40-с төгүлүн ыытылынна. Барыта 113 дойдуттан 3582 сайаапка киирбититтэн, шорт лиискэ 40 хартыына хапсыбыт диэн, Саха сирэ суруйар.

Мистическэй драмаҕа икки эдьиийдии-балыстыы кыргыттар тустарынан кэпсэнэр. Устудьуон кыыс эдьиийэ өлбүтүн туһунан истэр. Кини Санкт-Петербург куораттан тыа сирин дэриэбинэтигэр эдьиийин көмө кэлэр. Кыыс манна аны урукку олоҕор төннөр кыаҕа суоҕун өйдүүр.

Айаал Адамовы үгүстэр «Злой мамбет» быһыытынан билэллэр. Кини кавер-версияларын элбэх киһи көрбүтэ. Айаал билигин Санкт-Петербурга баар Александр Сокуров мастарыскыайын бүтэрбитэ. Бу киинэ режиссер дипломнай үлэтинэн буолар.
Ааптар: Ульяна Захарова
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар