25 Сэтинньи 25.11
  • -26°
  • $ 102,58
  • 107,43

Саҥа бырайыак. Саха төрүт билиитин – саҥа тыыҥҥа!

14:00, 14 сентября 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Саха информационнай ааҕыныстыбатын порталыгар бүгүн “Сир түннүгэ” саҥа түһүмэх үлэтин саҕалыыр. “Саха өйүн-санаатын баайын уонна култууратын сырдатар-чинчийэр киин” кэммиэрчэскэйэ суох автономнай тэрилтэ бырайыага ааҕааччыларга сонун буолуоҕа.


Үүммүт үөрэх дьылынан төрөппүттэргэ, ыччакка өбүгэ төрүт билиитин, үгэһин кэпсиир, саха ыала оҕону иитиигэ сүбэлэриттэн үллэстэр саҥа “Саха суола” диэн сахалыы ютуб-ханаал баар буолла. Саҥа таһаарыы «Саха өйүн-санаатын барҕа баайа, култуурата» сырдатар-чинчийэр сүрүн бырайыак иһинэн үлэлиир, Ил Дархан Гранын кыайыылааҕа.

Ааптар уонна салайааччы, тыл билимин хандьыдаата Ангелина Кузьмина бэлиэтииринэн, бу ханаал ийэ сиргэ ытыктабылы, тапталы иҥэрэргэ туһуланар, саха сүтэн эрэр төрүт билиитин, духуобунай баайын чинчийэр, тилиннэрэр, сырдатар, сиэрин-туомун сөргүтэр, төрөөбүт дойдубут кэрэтин кэрэһэлиир, сахалыы тыын сылаас биһигэ буолар аналлаах.

«Ютуб-ханаалга тахсыбыт биэриилэр сигэлэрэ СИА порталыгар сахалыы сирэйигэр киэҥ эйгэҕэ сырдатар сыаллаах тахсыахтара. Иһитиннэрэр-биллэрэр партнербутугар өйөбүлүн иһин махталбытын биллэрэбит!”, – диир ааптар.

“Сир түннүгэ” бырайыагы көрүҥ, сэргээҥ, кэлэр кэскили кэрэһилээҥ! Саха сарсыҥҥылаах буоллун! Санаатын сайа туойдун!

Саха тылын устуоруйата https://youtu.be/n7ANvcZGRRI

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар