«Ростелеком» Кыайыы 75 сылыгар анаан, 2020 сыл ыам ыйын 1 күнүттэн Улуу сэрии бэтэрээннэригэр уонна Ленинград блокадатыгар түбэспиттэргэ олохтоох, зона иһинээҕи уонна куораттар икки ардыларынааҕы стационарнай төлөпүөн сибээһигэр төлөбүрү тохтотор. Ол туһунан хампаанньа президенэ Михаил Осеевскай РФ федеральнай мунньаҕын Федерация сэбиэтигэр эттэ.
«Дьиэтээҕи төлөпүөнүнэн билигин да үгүс киһи туттар. Ордук аҕа саастаах көлүөнэ. Кыайыы 75 сылыгар “Ростелеком” Улуу сэрии бэтэрээннэригэр уонна, Петербург хампаанньата буоларбытынан, блокадниктарга төлөпүөн иһин төлөбүрү тохтотобут диэн быһаарыы ылынныбыт. Бэтэрээн, блокадник ханна олороруттан тутулуга суох бу өҥөнөн босхо туһанар. Ыам ыйын 1 күнүттэн бырайыак үлэлээн барыаҕа», — диэтэ Михаил Осеевскай.
Михаил Осеевскай РФ субъектарыттан сэрии бэтэрээннэрин уонна блокадниктар испииһэктэрин уонна олорор аадырыстарын чуолкайдыырга көмөлөһөллөрүгэр эттэ.
«Ростелеком» дойду үрдүнэн 13 мөлүйүөнтэн тахса дьиэтээҕи төлөпүөнү хааччыйар.