29 Муус устар 29.04
  • $ 91,78
  • 98,03

Россия президенин быыбарын кэмигэр куттал суоһаабатыгар миэрэлэр тустарынан кэпсэттилэр

10:01, 27 февраля
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ил Дархан Айсен Николаев терроризмы утары хамыыһыйа уонна суһал штаб холбоһуктаах мунньахтарын ыытта. Регион бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, Российскай Федерация президенин быыбара ыытыллар кэмигэр куттал суоһаабатыгар хааччыйар миэрэлэр тула кэпсэттилэр.

Өрөспүүбүлүкэ киин быыбардыыр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Евгений Федоров эппитинэн, быыбардыыр учаастактарга сибээс ханааллара, уотунан хааччыйыы уонна куттал суох буолуутун систиэмэтэ толору хааччылларыгар үлэ барар.

Маны сэргэ терроризмы утары хамыыһыйанан быыбар хамыыһыйаларын чилиэннэригэр инструктажтар оҥоһуллаллар, үөрэтии ыытыллар.

Баһылык бэлиэтээбитинэн, бары ылыллар миэрэлэр толоруллуохтаахтар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА