ТАСС иһитиннэрбитинэн, Россияҕа сөмөлүөтүнэн көтүүгэ авиабилиэттэри субсидиялааһыҥҥа 2024 сылга 25 млрд солк көрүлүннэ. Ол туһунан суруналыыстарга РФ тырааныспарга миниистирэ Виталий Савельев иһитиннэрдэ.
«Кэлэр сылга 25 [млрд солк ыытабыт]», — диэтэ Савельев, субсидиялаах көтүүлэр тустарынан кэпсэтиигэ. Кини авиахампаанньалар бигэтик сананалларын эттэ.
2022 сыллаахха РФ авиахампаанньалара 100 млрд солк субсидия ылбыттара. Оттон быйыл субсидия 60 млрд солк тэҥ.