24 Сэтинньи 24.11
  • -27°
  • $ 102,58
  • 107,43

РФ Бэрэсидьиэнин быыбарыгар өссө биир хандьыдаат докумуонун биэрдэ

13:03, 27 декабря 2023
Текст:
Хаартыска СӨ Киин быыбардыыр хамыыһыйатыттан
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Арассыыйа Киин быыбардыыр хамыыһыйатын оробуочай бөлөҕөр, ахсынньы 25 күнүгэр, Владислав Даванков РФ Бэрэсидьиэнин быыбарыгар туруорунар докумуоннарын туттарда.

Бу туһунан СӨ Киин быыбардыыр хамыыһыйата иһитиннэрэр.

Арассыыйа Федерациятын Федеральнай Мунньаҕын Судаарыстыбаннай Дууматын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, «Саҥа дьон» бэлитиичэскэй баартыйа фракциятын салайааччытын бастакы солбуйааччы Владислав Даванков кандидатуратын туруоруу баартыйа сийиэһинэн быһаарыллыбыта.

Санатар буоллахха, «Саҥа дьон» бэлитиичэскэй баартыйа сийиэһэ Москваҕа ахсынньы 24 күнүгэр буолан ааспыта, суруйда Сайаана Львова.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА