25 Муус устар 25.04
  • -1°
  • $ 92,51
  • 98,91

Өрөспүүбүлүкэҕэ тиийинэн олоруу алын кээмэйэ үрдээтэ

14:14, 20 августа 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сирин бырабыыталыстыбата 2020 сыл иккис кыбаарталыгар өрөспүүбүлүкэҕэ тиийинэн олоруу алын кээмэйин бигэргэттэ. Биир киһиэхэ кээмэй 17 721 солкуобай буолла диэн СИА иһитиннэрэр.


Өрөспүүбүлүкэҕэ ас сыаната 0,8%-нан үрдээн, 7895 солкуобай буолбут. Атын табаар – 3931 солкуобай, харчылаах өҥө – 4731 солкуобай, тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 2020 сыл иккис кыбаарталыгар былырыыҥҥыга холоотоххо 3,5% үрдээн 17721 солкуобайга тэҥнэстэ.

Үлэ уонна социальнай харалта миниистирэ Елена Волкова үлэһит дьоҥҥо тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 18728 солкуобай, биэнсийэлээхтэргэ 14215, оҕолорго – 18559 солкуобайга тэҥнэстэ диэн иһитиннэрдэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА