22 Сэтинньи 22.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

Өрөспүүбүлүкэ 100 сыллаах үбүлүөйүн көрсө араас тутуулар былааннаналлар

12:06, 25 декабря 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Өрөспүүбүлүкэ 100 сыллаах үбүлүөйэ бэрэсидьиэн В.Путин ыйааҕынан дойду таһымнаах тэрээһининэн биллэриллибит. Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев бэҕэһээ Ил Түмэҥҥэ анал туһаайыытын кэмигэр иһитиннэрдэ. Бэлиэ сылы көрсө өрөспүүбүлүкэҕэ олорор дьиэлэр, оскуолалар, балыыһалар, суоллар, дьон сынньанар сирдэрэ тутуллаллара былааннанар.


Ураты болҕомтону култуура эйгэтигэр ууруохтара. Ол курдук, Таатта улууһун Томтор нэһилиэгэр Борис Неустроев—Мандар Уус бырайыагынан этнокультурнай комплекс үлэҕэ киириэ. Билиҥҥитэ комплекс сүрүн тутуута — хатыҥ туоһуттан оҥоһуллубут ураһа бүтэн турар.

Быйыл Хандыгаҕа бибилэтиэкэ, Дьокуускайга Гагарин аатынан култуура киинэ үлэҕэ киирдилэр. Сунтаарга Сергей Зверев аатынан норуот айымньытын дьиэтэ, Мэҥэ-Хаҥалас Майатыгар Д.Ф. Ходулов аатынан култуурунай киин, ахсынньы 26 күнүгэр Бүлүүгэ култуура дыбарыаһа үлэҕэ киириэхтэрэ.

Эһиил Эдьигээҥҥэ этнокультурнай киин, Ньурбаҕа драмтеатр, Зырянкаҕа култуурунай-спортивнай комплекс аһыллыахтара. Өрөспүүбүлүкэ үбүлүөйүгэр Намҥа, Таатта Чөркөөҕөр, Үөһээ Бүлүү Харбалааҕар Максима Аммосов, Былатыан Ойуунускай уонна Исидор Барахов ааттарынан култуура кииннэрэ үлэҕэ киириэхтэрэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА