РФ Президенэ Владимир Путин 2022 сыл муус устар уонна от ыйдарыгар Российскай Федерация байыаннай сулууспатыгар хомуур уонна байыаннай сулууспаттан болдьоҕо бүппүтүнэн уурайыы туһунан ыйаахха илии баттаата, суруйда «Интерфакс».
«2022 сыл муус устар 1 күнүттэн от ыйын 15 күнүгэр диэри Российскай Федерация 18 — 27 саастаах гражданиннарын, федеральнайдааҕы сокуонунан байыаннай сулууспаҕа хабыллааччылары, 134 500 киһини, сааскы хомуурга ыҥырарга», — диэн ыйаахха суруллар.
Бу ыйааҕынан байыаннай сулууспаттан болдьохторо бүппүт саллааттары, матростары, сержаннары уонна старшиналары ууратар туһунан уураахтаата.
Генштаб бэлиэтээбитинэн, сааскы хомуур Украинаҕа байыаннай операцияны кытта сибээһэ суох. РФ Оборонаҕа миниистирэ Сергей Шойгу РФ-ҕа призывниктары «итии точкаларга» ыытыллыбаттарын эттэ.
«Сааскы хомуурга түбэспиттэргэ операцияҕа сыһыаннаах туох да куттал суох», — диэн бигэргэттэ Генштаб кылаабынай тэрийэр-мобилизациялыыр управлениетын бэрэстэбиитэлэ Владимир Цимлянский.
Хаартыска: РИА Новости