Владимир Путин РФ федеральнай мунньахха туһаайыытыгар ойуур хаһаайыстыбатыгар уонна метеорологияҕа, тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа үлэлиир исписэлиистэр хамнастарын үрдэтэр туһунан эттэ.
Президент эппитинэн, бу эйгэҕэ үлэлиир исписэлиистэр толорор соруктара — олус суолталаахтар, ити эрээри «дохуоттара олус кыра».
Маны сэргэ, Путин 2030 сылга диэри бары национальнай пааркаларга экологическай туризм структуратын тэрийэри эттэ. Саҥардыллыбыт куттала суох инфраструктура уу эбийиэктэригэр, чуолаан, Байкал күөлгэ баар буолуоҕа.
Аныгы гостиницалар Каспийскай, Балтика, Азов, Чернай уонна Японскай муоралар кытылларыгар тутуллуохтара.