12 Ахсынньы 12.12
  • -43°
  • $ 103,27
  • 108,56

Путин Өлүөнэ муостатыгар көрүллэр үбү болдьоҕун иннинэ биэрэри соруйда

10:01, 12 ноября
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
РФ президенэ Владимир Путин Саха сиригэр Өлүөнэ эбэни туоруур муостаны тутууга  федеральнай бюджеттан көрүллэр үбү болдьоҕун иннинэ биэрэри эттэ. Ол туһунан судаарыстыба баһылыгын сорудаҕар суруллан, Кремль саайтыгар таҕыста, суруйар ТАСС.

«Российскай Федерация бырабыыталыстыбата Саха сирин толоруулаах уоргаттарын кытта Өлүөнэ эбэни туоруур муостаны тутууга  федеральнай бюджеттан көрүллэр үбү болдьоҕун иннинэ бэриллэрин туһунан боппуруоһу көрөллөрүгэр», — суруллар докумуоҥҥа.

Судаарыстыба баһылыга дакылааты ахсынньы 15 күнүгэр күүтэр.

Бырайыак Уһук Илини социальнай-экономическай сайыннарыы национальнай бырагырааматыгар киирсэр.

Өлүөнэ муостатын тутуу сүрүн түһүмэҕэ алтынньы 17 күнүгэр стартаабыта. Өрүс хаҥас кытылыгар Старай Табаҕа сэлиэнньэ оройуонугар бастакы сыбаайа түһэриллибитэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА