Россия Президенэ Владимир Путин Конституцияҕа уларытыылары киллэриигэ муус устар 22 күнүгэр бүтүн Россиятааҕы куоластааһыны ыытар туһунан ыйаахха илии баттаата. РИА Новости-га сигэнэн СИА суруйар.
«2020 сыл муус устар 22 күнүн, «О совершенствовании регулирования отдельных вопросов организации и функционирования публичной власти« Российскай Федерация Конституциятыгар көннөрүүлэри киллэрии туһунан Российскай Федерация Сокуонун 1 ыстатыйатынан, Российскай Федерация Конституциятыгар уларытыылары киллэриигэ сөбүлэһии боппуруоһугар бүтүн Россиятааҕы куоластааһын күнүнэн аныыырга», — диэн суруллар судаарыстыба баһылыгын ыйааҕар.
Куоластааһыҥҥа маннык ыйытыы бэриллэр: «Эн Российскай Федерация Конституциятыгар уларытыылары киллэриини сөбүлэһэҕин дуо?».
Көһүөн сөп
Президент бэлиэтээбитинэн, куоластааһын дойдуга эпидемиологическай балаһыанньа туруга нуормаҕа эппиэттир эрэ буоллаҕына ыытыллар.