Россия президенэ Владимир Путин Донецкай уонна Луганскай народнай өрөспүүбүлүкэлэр тутулуга суох буолууларын туһунан докумуоҥҥа илии баттаата. Дойду салайааччыта уонна өрөспүүбүлүкэлэр баһылыктара доҕордуу буолуу, бииргэ үлэлээһин, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһүүүгэ эмиэ дуогабар түһэристилэр.
«Быһаарыы ылыыга уолдьаста: Донецкай уонна Луганскай өрөспүүбүлүкэлэр тутулуга суох буолууларын уонна суверенитеттаналларын билинэргэ. Российскай Федерация Федеральнай Мунньаҕын бу быһаарыыны өйүүргэр көрдөһөбүн. Салгыы өрөспүүбүлүкэлэри кытта доҕордуу буолуу уонна бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһүү дуогабарын бигэргэтэргитигэр», — диэтэ президент.
Путин ДНР уонна ЛНР баһылыктарын дуогабардарга илии баттаммытынан эҕэрдэлээтэ.
Маннык быһаарыыны дойду баһылыга Куттал суох буолуутугар Сэбиэт уочарата суох мунньаҕын кэнниттэн ылынна. ДНР уонна ЛНР тутулуга суох буолууларыгар Совбез чилиэннэрэ этиннилэр. Кинилэр ортолоругар премьер-министр Михаил Мишустин, Россия Куттал суох буолуутугар Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Дмитрий Медведев, Госдуума бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин уонна Федерация Сэбиэтин спикера Валентина Матвиенко бааллар.