Саха сирин өссө үс тэрилтэтэ «Производительность труда» национальнай бырайыакка кыттыста. Онон бүгүҥҥү күҥҥэ ахсааннара 25 хампаанньаҕа тиийдэ. Кыттааччылар компетенция регионнааҕы киинин хамаандатын уонна экспертарын кытта үлэлииллэр, үлэлэригэр мөлтөх сирдэрин бэлиэтииллэр, процеһы салайыналлар, харыстабыллаах технологияларга үөрэнэллэр.
2024 сыл бэс ыйыгар «Саюри», «ИФК «РФА-Инвест» уонна «КСП» хампаанньалар «Производительность труда» нацбырайыак кыттааччылара буоллулар. Бырайыак өрөспүүбүлүкэҕэ 2020 сылтан үлэлиир, биир кэлим экосистиэмэни оҥороллор, үлэ оҥорон таһаарыытын таһымын улаатыннараллар.
Харыстабыллаах оҥорон таһаарыы идеятын үгүс киһи сөбүлүүрүн биллэрдэ.