30 Муус устар 30.04
  • $ 91,78
  • 98,03

Покровскай кэрэ аҥаардара Арчы дьиэтигэр үҥкүүлээтилэр

15:12, 10 марта 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Покровскайдааҕы Арчы дьиэтигэр далбар хотуттар бырааһынньыктаатылар. Сынньалаҥ биэчэрэ олус иһирэхтик ыытылынна.


Покровскайга ыытыллыбыт кэрэ аҥардар бырааһынньыктара олус сэргэхтик ааста.

Олохтоох мелодистар Галина Иванова – Айтыына Уран, Полина Семенова, Анатолий Егоров, эдэр мелодист Афанасий Атласов, ырыаһыттар Спартак Харитонов, Татьяна Слепцова, Лидия Харитонова бэйэлэрин ылбаҕай, нарын  ырыаларын ыллаан бэлэхтээтилэр.

Кэрэ аҥаардар дуоһуйа үҥкүүлээн, оонньоон, оһуохайдаан бардылар. Биэчэри салайан ыытта Мотрена Гаврильева. Көрдөөх күрэхтэр, оонньуулар ыытылыннылар.

«Тэрийээччилэр ааттарыттан биэчэрбитин кэлэн ырыаларынан киэргэппит мелодистарбытыгар, ырыаһыттарбытыгар махтанабыт», — диэн Хаҥалас улууһун “Арчы дьиэтэ» норуот айымньытын киинин специалиһа Мотрёна  Гаврильева.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА